Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр сыл устата ыытыллан түмүктүүр биэтэккэ кэллибит. Бу күннэргэ оройуоммутугар ити тэрээһиннэр истэринэн бэрт кэрэхсэбиллээх көрсүһүү буолла.
Ол курдук биир дойдулаахпыт, Россиятааҕы наука академиятын Саха сиринээҕи гуманитарнай чинчийэр уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын үөрэтэр Институт археологияны уонна этнографияны чинчийии отделын научнай сотруднига Ю.А. Слепцов Саха АССР 100 сыллаах историятыттан Муома сиригэр ыытыллыбыт археологическай экспедициялар үлэлэрин кэпсээтэ. Көрсүһүүгэ сылдьыбыт дьон Юрий Алексеевич төрөөбүт дойдутун историятын, айылҕатын кистэлэҥнэрин иҥэн - тоҥон үөрэппитин кэрэхсии бэлиэтээтилэр. Мин көрсүһүү кэнниттэн учуонай биир дойдулаахпытыттан аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөстүм.
- Юрий Алексеевич, дойдугуттан тэйбитиҥ ыраатта. Ахтар-саныыр буолааччыгын дуу?
- Мин дойдубар сыл аайы кэлэбин, ол төрүөтүнэн ыстаада сиригэр көһө сылдьар оҕо сынньалаҥ лааҕырдарын үлэлэтии буолар. Бэйэм төрөөбүт дойдум кэрэ айылҕатын, кини дьикти көстүүлэрин оҕо эрдэхпиттэн интэриэһиргээн элбэҕи аахпытым, дириҥи чинчийбитим. Билбэтим элбэх этэ, ол да иһин оҕо кыра эрдэҕиттэн айылҕаҕа сылдьан төрөөбүт тылын,культуратын билиэхтээх, хоту сир оҕото төрүт дьарыгын этинэн-хаанынан билэн барыны бары сатыыр буолуохтаах диэн бигэ санааламмытым. Онон 2000 сыллаахха Чолой ыстаадатын сиригэр «Нөлтэнкэ» оҕо лааҕырын арыйыыны ситиспитим. Манна оҕолор табаһыт үлэтигэр көмөлөһөн көс олох ыарахаттарын билсибиттэрэ, ыстаада сирин айылҕатын кэрэхсээбиттэрэ. Оҕо иитиитигэр туспа көрүүлэрбин оччотооҕу Индигир оскуолатын директора Н.А.Брызгалов улаханнык сэҥээрбитэ уонна бииргэ үлэлииргэ тыл көтөхпүтэ. Инньэ гынан 2001 сылаахха бу оскуола үөрэнээччилэригэр «Маранга» диэн көс лааҕыр үлэлэппиппит. Николай Алексеевич олохтон бартын кэннэ бу лааҕыр үлэтэ тохтообута. Онон 2002 сыллаахтан күн баччаҕа диэри С.Г. Слепцов аатынан родовай община базатыгар «Гарпанга» лааҕыры тэрийсэбин. Кэтээн көрүүм түмүгүнэн бу лааҕырдарга сынньаммыт оҕолор дойдуларыгар бэриниилээх, киэҥ билиилээх буола улааттылар. Бэйэм научнай үлэбэр эмиэ элбэх матырыйааллары хомуйан бэчээккэ таһаардым. Онон хардарыта туһа баар буолан үлэ тахсыыта үрдүк.
- Сахаларга сэдэх граттаж диэн ньыманан хартыыналары хоһуйаргын истибитим ыраатта. Бу дьарыккын бырахпытыҥ дуу, билигин да уруһуйдуугун дуу?
- Дьарыкпын салгыы сайыннарабын, бу үлэбин көрбүт эрэ кэрэхсиир буолан быыстапкаҕа элбэхтэ кыттабын. Былырыын үлэлэрим Англияҕа уонна Испанияҕа үрдүк сыанабылы ылбыттара. «Усы Дали» диэн конкурска графика хайысхатыгар үлэм бастаан турар. Үүнэр сылга муус устарга «Наследие Чукотки» региональнай быыстапкаҕа кыттарга ыҥырыы тутан сылдьабын. Ол чэрчитинэн Санкт Петербурга уонна Сахалиҥҥа үлэлэрим барыахтара. Питерга хартыыналарым кунскамераҕа тураллара былааннанар. Уопсайынан «Граттаж на пластике» ньыма кэнники кэмҥэ дьон интэриэһин күүскэ тардар буолла. Маны таһынан хотугу дойду дьонун-сэргэтин кэпсиир хаартыскаларым киэҥник биһирэнэллэр, араас быыстапкаларга ыҥырыллаллар. Төрөөбүт дойдум историята билигин таайыллыбатах таабырына элбэх. Элбэх кистэлэҥи үйэтитэ сытар сирдэр бааллар. Балары чинчийэргэ дьиҥэ киһи баҕа санаата, дьулуура наада. Ким эмэ иилээтэҕинэ-саҕалаатаҕына үйэлэри уҥуордаан кэлбит дойдубут дьиктилэрэ арыллан дьон-сэргэ билиитигэр киириэ этилэр. Бу үлэни олохтоох кыраайы үөрэтэр музей үлэһиттэрэ кыайа тутуохтарын сөп эбит. Кинилэри бу олус туһалаах, наадалаах үлэҕэ көҕүлээн дойдубар туруорбут «Улахан Чыыстай көһө сылдьар лааҕыра» үлэбин бэлэх ууннум. Музейга сылдьан эдэр үлэһиттэр кыһамньылаах үлэлэрин хайгыы көрдүм, салгыы сайдалларыгар бэйэм тус көрүүлэрбин, сүбэлэрбин тиэртим.
- Юрий Алексеевич, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Төрөөбүт Муомаҕын истиҥник санаан өйөбүлгүн тиэрдэ сылдьарыҥ олус үчүгэй, инникитин да дойдуҥ туһугар сүбэлии-амалыы, өйүү- көмөлөһө сырыт. Айар үлэҕэр саҥаттан саҥаны, үрдүктэн үрдүгү баҕарабын.