Өбүгэлэрин сиригэр Мэйиигэ дьаныардаах үлэтинэн хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи тэнитэн, удьуор утумун салҕаан, оҕо-уруу тэнитэн Григорий Алексеевич Чириков дьиэ-кэргэнинээн ньир-бааччы олорбуттар. Үйэлэртэн салаллан кэлбит сиэрдэринэн, саас сирдэри нүөлсүтэн оттоон-мастаан, ииттэр сүөһүлэрин кыстатан, этинэн-үүтүнэн эргинэн, таҥас-сап гынан, кыамматтарга көмөлөһөн, бэйэ-бэйэни кытта өйөһөн, төрөөн-үөскээн олордохторо.
1929 сыллаахха Үлэ сокуонун уурааҕынан ким тыа хаһаайыстыбатын үлэтинэн дохуот киллэринэр, дьону наймылаһан үлэлэтэр, кыахтаахтык тиийинэн олорор дьону «кулаах» диэн сирэйгэ-харахха анньан, иитиллэ олорор сирдэрин-уоттарын, сүөһүлэрин, сылгыларын былдьааһын саҕаламмыта. Политбюро Киин кэмитиэтэ 1930 сыл тохсунньу ый 30 күнүнээҕи уурааҕынан, ол эбэтэр, сэбиэт былааһын тэрийэр кэмитиэтигэр дьадаҥылары киллэрэн туран, биирдиилээн сэниэ хаһаайыстыбалар ииттэр сүөһүлэрин, дьиэ аттынааҕы тутууларын, кыстыыр хаһаастарын, сирдэрин-уоттарын судаарыстыба туһугар диэн былдьыыллар. Төрөөбүт дойдутугар өбүгэлэрин сириттэн тирэхтэнэн олорор хаһаайыстыбалары «астаахтар-таҥастаахтар» диэн туора санааһын уруккуттан да баар буолан, ынахтаах, сылгылаах, оттуур сирдээх, сэниэтик дьаһанан олорор дьону «атыыһыт-эргиэмсик» диэн аһаҕастык сирэйгэ-харахха анньар кэмнэрэ үүммүтэ. Саҥа былаас сокуонунан киин сирдэргэ тэриллибит контрреволюционнай ахтыып чилиэннэрин лааҕыр хаайыыларыгар утаартааһын, баайдары, бэйэ хаһаайыстыбалаахтары олорор сирдэриттэн ыраах кыраай хаайыыларыгар, сорохтору холкуос хаһаайыстыбатыттан тэйиччи сирдэргэ ыытыы саҕаланар.
Ити кэмнэргэ алта уончатыгар тиийэ илик саастаах Григорий Алексеевич хара илиитинэн үлэлээн, мындыр өйүнэн дьаһанан олорбут буруйугар хаайыыга ыытыллыахтаах суут бэбиэскэтин тутуон тоҕус күн иннинэ күн сириттэн букатыннаахтык айанныыр. Кини уола Григорий Григорьевич Чириков оччолорго 27 саастаах. Табалаах Кунааҕыттан төрүттээх Евгения Яковлевнаныын (1900-1988) олорбуттара алтыс сылыгар, аҕалара оҕонньор эппит кэриэһинэн сэбиэт былааһыгар утары баран, холкуос бырабылыанньатын чилиэннэринэн киирэллэр, холкуостары тэрийиигэ инники күөҥҥэ сылдьаллар. Ол да буоллар кинилэри «кулаахтар» диэн туора көрүү өр кэмнэргэ диэри батыспыта.
Киргиэлэй Дьэбдьиэлиин 1924 сыллаахха холбоһуохтарыттан Кумах диэн сиргэ туһунан дьиэ-уот тэринэн олороллор. Олох бииртэн биир кэлэ турар кыһалҕалаах, түбүктээх уонна үтүө күннэрэ элбэхтэрэ. 1930-1940 сылларга холкуос үлэтэ атаҕар бигэтик турбут кэмнэрэ да буоллар, кулаахтааһын ыытыллыбытын кэнниттэн ынах сүөһү ахса аччаабыта биллэр. Ити кэмнэргэ судаарыстыба сүрүн былаанынан алын үөрэхтээһин ыытыллан, учаастактарынан олорор үөрэнэр саастаах оҕолордоох дьон оскуола баар сиригэр чугаһыыллар. 1936 сыллаахха оройуоҥҥа бастакы «Саһыл Сыһыы» борохуот кэлиитэ, эһиилигэр сөмөлүөт көтөн кэлиитэ холкуос дьонугар үөрүүлээх сонун буолан тэлийэ көтөр. Ол оччотооҕу кэм сайдыытын эктэллэриттэн биирдэстэрэ этэ.
1937 сыллаахха Киргиэлэйдээх Дьэбдьиэ бастакы оҕолоро, туһа киһитэ буолан улаатан эрэр 13 саастаах кыыстара уу баһан кэлэн иһэн (иһинэн таарымталанан) муҥурдааҕа тэстэн сырдык тыына быстар. Дьоно улаханнык айманналлар да, хайыахтара баарай. Ыал оҕолоро Миитэрэй (1929-2000), Сэмэн (1930-2021), Мария (1931-1985), Киэсэ (1934-1992) эдьиийдэрин суохтаан хойукка диэри «Эдьиийбит Мария аргыһалаах уулаах кэлэн иһэ ыалдьан өлбүтэ» диэн өргө диэри курутуйаллар. Кэлин Чириковтар сэрии иннинэ уонна сэрии саҕана икки уолланаллар – Христофор (1939-1981) уонна Николай (1944-2001).
Дьааҥыга сир баайын чинчийии үлэтэ күүскэ ыытыллан, Ыыннаах хайатын нөҥүө өттүгэр Көстөр хайатыгар хорҕолдьун булаллар. 1937 сыллахха Порфирий Епифанов диэн соҕуруу сиртэн сылдьар геолог Көстөр хайатыгар чахчы даҕаны хорҕолдьун баар сирин арыйан, ол нөҥүө сылыгар Эһэ Хайаҕа руднигы кытта оробуочай бөһүөлэк тутуллар, 1940 сыллаахха ол барыта НКВД хонтуруолугар бэриллэр. Көстөргө 6 нүөмэрдээх (күлүүһэ суох хаайыы) үлэ лааҕыра тэриллибитин туһунан кэпсэтии холкуос дьонун күннээҕи сонуннартан биирдэстэринэн буолар, дьиксинэ санааталлар да бу баардыы мэндэллэн көстөр Ыыннаах хайалара дурда-хахха буолар курдуктара эбитэ үһү. 1940 сыллаахха Дьааҥыга хайа хостуур бырамыысаланнаһын үлэтигэр кэлии-барыы элбиир, үлэһит илии тиийбэтинэн колкуостартан мобилизацияҕа дьону дуогабарынан үлэҕэ ыыталлар. Онон бырамыысаланнас уонна холкуостар олохторо биир ситимнээхтик үлэлиир. Киргиэлэй холкуос бырабылыанньатын чилиэнин быһыытынан кэлиилээх-барыылаах, үлэ киниэхэ үгүстүк сүктэриллэрэ, сыарҕалаах атынан Адыаччыттан ойуурунан-тыанан, сиһинэн быһа түһэн Баатаҕайга, Эһэ Хайаҕа, Затон Янскайга, Верхоянскайга үлэ дуогабарын түһэрсэ, отчуот, былаан туттара элбэхтик айанныыр. Дьэбдиэ дьиэтин-уотун, оҕолорун көрүүттэн ордубата. Сэрии кэмнэригэр хоргуйуу элбэҕэ, Киргиэлэйдээх обургу оҕолоро Миитэрэйдээх Сэмэн дьиэ тас үлэтин толороот, сайын ойууру-тыаны кэрийэн чугаһынан сылдьан куруппааскылаан, сайынын балыктаан күннээҕи истэрин булуналлара. «Сардаалыырбыт, тиит субатын сүүлэн ылан сиирбит», – диэн сааһыран да баран кэпсииллэрэ.
Сэрии иннинэ 1939 сыллаахха, тыа хаһаайыстыбатын наркомун иһинэн ССРС Сэбилэниилээх күүстэрин уурааҕынан аармыйа туһатыгар «Лошадь — Красной Армии» диэн аты хомуйуу фондата тэриллэр. Дойду байыаннай күүһүн мобилизациятыгар диэн 1941 сыл муус устар 8 күнүгэр Киин Кэмитиэт Политбюрота дьаһал таһааран «норуот хаһаайыстыбатыттан 45 хонуктаах үөрэтэр хомуурга, өрөспүүбүлүкэлэринэн, кыраайдарынан, уобаластарынан тыыран туран, 57 500 аты хомуйарга былаан түһэр. Саха сирин тас өттүгэр барыта 50 726 төбө сылгыны судаарыстыбаҕа туттарбыттарын этэллэр (ол туһунан САССР Минсельхоһун 1951 сыллааҕы отчуотугар суруллан киирэр). 1941 сыллаахха Аҕа дойду уоттаах сэриитэ саҕаланан байыаннай кэм сокуона олохтонор. Уот кураан, сут сыллар курас салгыннара Дьааҥыны тумнубатаҕа. Ол сааһыгар Дальстрой иһинэн хайа бырамыысаланнаһын саламтата тэриллэн, сир баайын чинчийии күүскэ ыытыллар, холкуостар ат көлөнөн, этинэн, аһынан хааччыйаллар. 1943 сыл Киргиэлэй «Күүһү түмүү» холкуос бэрэсэдээтэлинэн үлэлиир. Холкуос бастын аттарын сүүмэрдээн Кылыгырга ыытыы кини дьаһалынан ыытыллар. Дьааҥыттан элбэх киһи сылгыны арыаллаан барсар. 1941-1945 сылларга Дойду үрдүнэн ыытыллыбыт ат хомуура сэриини кыайыы, үлэ туһугар төһүү күүс, тирэх буолар. Киргиэлэй сэрии бүтүүтэ сылгы табаарынай пиэрмэтин сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлиир.
Сэрии кэнниттэн олох чөлүгэр түһүүтүгэр улахан хамсааһыннар, тутуулар ыытыллаллар. Киргиэлэй холкуос ыскылаатын кыладапсыыгынан, кэлин 1951 сылтан Адыаччытааҕы ТМУ-3 филиалыгар болуотунньугунан үлэлиир. 1948 сыллаахха сэрии сылларыгар үлэлээбит үлэтин сыаналаан «1941-1945 cc. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар Килбиэннээх үлэтин мэтээлинэн», Фашисткай Германияны Кыайыы араас сылларын мэтээллэринэн наҕараадаламмыта, «Коммунистическай үлэ ударнига» Бочуоттаах бэлиэнэн, элбэх кырааматаларынан, махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ. 1982 сыллаахха уһун, ыарахан ыарыыттан өлбүтэ.
Григорий Григорьевич Чириков сытыы, киирбит-тахсыбыт, кэпсэтиилээх, куруук дьаhал үөhүгэр сырыттар да сахалыы сэмэй, көнө майгылааҕа, элбэх доҕоттордооҕо. Бэйэтэ элбэх да оҕолоох буоллар интэринээтэ суох оҕолору дьиэтигэр олордон үөрэттэрэрэ. Кини бэйэтэ туппут, олорбут хас да хостоох, күн уотуттан саhарчы буспут мас дьиэтэ оччотооҕу кэмнэр саҕахтарын арыйардыы, аныгы тутуулардаах иккилии этээстээх дьиэлэр быыстарыгар турар.
(Матырыйаалга Григорий Григорьевич уолаттарын кэпсээннэриттэн, кыраайы үөрэтээччи Д.Н. Акимов «Сэрии сылларын сүппэт туоһулара» кинигэтиттэн уо.д.а.хронологиялартан аттарыллан сурулунна)
Раиса Чириков. Газета "Вести Верхоянья"