Максим Кирович Аммосов аатын билбэт саха киһитэ суоҕа буолуо. Биһиги оҕо, оскуола саҕаттан кини аатын Ойуунускайы, Бараховы кытта дьүөрэлии ааттыыр этибит. Ону таһынан олус эдэр сааһыгар өрөспүүбүлүкэбитин тэрийсибит киһинэн билинэрбит.
Максим Кирович Аммосов — сэбиэскэй, судаарыстыбаннай уонна партийнай деятель, Сибииргэ Сэбиэскэй былааһы олохтуур иһин охсуһуу кыттыылааҕа. Кини П.А. Ойуунускайдыын уонна И.Н. Бараховтыын 1922 с. муус устарыгар Саха АССР тэрийсибит киһинэн буолар.
1937 с. КК ВКП(б) Киин кэмитиэтин ыйыытынан М. К. Аммосов Киргизия киин куоратыгар Фрунзеҕа, Киргизия обкомун VIII пленума буола турдаҕына тиийэр. Кулун тутар 22 күнүгэр обком бастакы сэкирэтээринэн талыллар. Бу күннэргэ V Суһал бүтүн киргиистэр Сэбиэттэрин сийиэһэ түмүктэнэр. Бу сийиэскэ Максим Кирович салалтатынан Киргизскэй ССР Конституцията ылыллар. Онон Аммосов Киргизия судаарыстыбалаах буолуутугар сүдү улахан суолталаах киһинэн ааҕыллар. 1937 сыл от ыйыгар Киргизия хомуньуус баартыйатын I сийиэһигэр М.К. Аммосов 1 Киин Кэмитиэт бастакы сэкирэтээринэн талыллыбыта.
1990 сылтан Саха судаарыстыбаннай университета М.К. Аммосов аатын сүгэр.
Олоҕун олуктара
Максим Аммосов 1897 сыллаахха ахсынньы 22 күнүгэр Нам улууһун Хатырык наһилиэгэр Анастасия Леонтьевна уонна Кир Васильевич Аммосовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт. Дьоно быстар дьадаҥы буолан 4 сааһыттан таайыгар (убайыгар, абаҕатыгар?) Д.М. Аммосовка иитиллибит. Дьокуускай куорат училищетын, Дьокуускайдааҕы учуутал семинариятын, Москватааҕы Кыһыл профессура Институтун бүтэрбитэ.
Үлэлээбит сирдэрэ:
1918 с. от ыйа-атырдьах ыйа — оробуочайдар дьокутааттарын Сэбиэтин чилиэнэ уонна сэкирэтээрэ, үөрэх комиссара;
1918 с. атырдьах ыйа —1920 с. кулун тутар — Сибииргэ сыылкаҕа сылдьыбыт. Томскайга, Иркутскайга, Челябинскайга подпольнай үлэҕэ сылдьыбыт;
1920 с. кулун тутар — 1921 с. олунньу — Саха сиригэр сэбиэскэй былаас олохтонуутугар Сибревком боломуочунайа, Саха сирин оргбюротун бэрэссэдээтэлэ;
1921 с. олунньу — 1921 с. алтынньы — Саха сирин губревкомын бэрэссэдээтэлэ;
1921 с. алтынньы —1922 с. бэс ыйа — РКП (б) Губбюротун Саха сиэксийэтин сэбиэдиссэйэ, автономия туһунан туруорса Москваҕа командировкаҕа ыытыллыбыт;
1922 с. бэс ыйа — 1923 с. кулун тутар — Саха облбюротун сэкирэтээрэ, ОК РКП (б) сэкирэтээрэ;
1923 с. кулун тутар — 1923 с. алтынньы — САССР атыыга уонна промышленнаска народнай комиссара;
1923 с. алтынньы —1925 с. от ыйа — Москваҕа ВЦИК-ка САССР бэрэстэбиитэлэ;
1925 с. от ыйа — 1928 с. атырдьах ыйа — САССР норуодунай комиссардарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ;
1928 с. атырдьах ыйа —1930 с. балаҕан ыйа — КК ВКП (б) эппиэттээх инструктора;
1930 с. балаҕан ыйа — 1932 с. олунньу — Институт Красной профессуры истээччитэ;
1932 с. олунньу — 1934 с. олунньу — Арҕаа-Казахстан обкомун бастакы сэкирэтээрэ;
1934 с. олунньу — 1937 с. олунньу — Караганда уонна Хотугу-Казахстан обкомнарын сэкирэтээрэ;
1937 с. кулун тутар —1937 с. бэс ыйа — Фрунзе горкомун бастакы сэкирэтээрэ;
1937 с. ыам ыйа — 1937 с. сэтинньи — Киргизия КК-тын бастакы сэкирэтээрэ.
Киргизияҕа үлэлээһинэ
1937 сыл кулун тутар 18 күнүгэр Саха АССР СНК бэрэссэдээтэлэ (1925 сыл бэс ыйа – 1928 сыл атырдьах ыйа), КК ВКП(б) ыйааҕынан Максим Кирович Аммосов Киргизия киин куоратыгар Фрунзеҕа кэлбитэ, онно Киргизия обкуомун VIII пленума ыытылла турара.
Кулун тутар 22 күнүгэр кини Киргизия ОК ВКП(б) 1-кы сэкирэтээринэн талыллыбыта. Бу күннэргэ Бүтүн Киргизскэйдээҕи V Суһал Сэбиэттэрин съеһэ бэйэтин үлэтин түмүктээбитэ, манна Аммосов быһаччы салайыытынан Киргизскэй ССР Конституцията ылыллыбыта. Онон, Аммосов Киргизия судаарыстыбаннаһа төрүттэниитигэр быһаччы кыттыыны ылбыта. 1937 сыл от ыйыгар Киргизия КП(б) I съеһигэр М.К. Аммосов Киин Кэмитиэт бастакы сэкирэтээринэн талыллыбыта.
Үлэлиир кэмигэр М.К. Аммосов Дьокуускайдааҕы обком чилиэнинэн, ВКП(б) горком, Арҕаа-Казахстаннааҕы, Караганжинскай ВКП(б) Обкомун, Киргизия Компартиятын Киин Кэмитиэтин чилиэннэринэн талыллыбыта, ВКП(б) XI, XIII, XVI уонна XVII съезтэрин, ВЦИК, ССРС ЦИК Бүтүн Сойуустааҕы партийнай конференциялар уонна сессиялар делегаттара уонна кыттыылааҕа.
М.К. Аммосов 1937 с. репрессияламмыта. 1937 сыл сэтинньи 16 күнүгэр Фрунзе куоракка сымыйа буруйдааһын түмүгэр хаайыллыбыта. 1938 сыл от ыйын 28 күнүгэр Москва куоракка ытыллыбыта.
1956 сыллаахха кулун тутар 28 күнүгэр ССРС Үрдүкү суутун Байыаннай кэллиэгийэтин быһаарыытынан реабилитацияламмыта.
Аммосов дьыалатын туһунан
Сэбиэскэй кэмнэргэ, уларыта тутуу иннинэ, НКВД-га “Аммосов дьыалата” диэҥҥэ сыһыаннаах ханнык да анал чинчийиилэр ыытыллыбатахтара. Ол курдук, Саха сиригэр сталинскай репрессиялар историялара даҕаны – КГБ архыыптара бары сабыылаахтар этэ. Бу туһунан туох эмит таһаарыыны, ким эмит быктарыытын цензура олоччу боборо, суруйар да буоллахтарына ханна да бычыгыраппаттара. Оннук бобуулаах дьыала этэ.
Ол да буоллар, уларыта тутуу саҕаланыаҕыттан туох эрэ сорунан көрүү баара. Ол түмүгэр 1990-с уонна 2000 сылларга өрөспүүбүлүкэ научнай, ону таһынан интеллигенция ортотугар бу тиэмэҕэ аналлаах киэҥ уонна ытылҕаннаах кэпсэтиилэр ыытыллаллара.
Ол курдук, холобур, И.И. Николаев уонна И.П. Ушницкай «Центральное дело: Хроника сталинских репрессий в Якутии», Иван Ласков — «А была ли провокация?» уо.д.а., философскай наука кандидата, МАИ член-кэрэспэдьиэнэ Виктор Скрипин — «Ложные кумиры», историческай наука доктора, ИГИ сотруднига Егор Алексеев —«Обречённые» ыстатыйата, историческай наука кандидата Егор Антонов —«О великом человеке М. Аммосове и историке В. Скрипине» ыстатыйата, онтон да элбэх суруйуулар. Бу барыта билигин да сөптөөх уонна профессиональнай чинчийиилэри ирдиир.
Дьиэ кэргэнэ
1923 сыл алтынньы 2 күнүгэр партия Саха сиринээҕи горкомун сэкирэтээрин Рая Израилевна Цугель (1902-1972 сс.) кытта ыал буолбута, онтон үс кыыстаммыттара: Аэлита (1924-1991 сс.) Яна (1931-2001 сс.) уонна Лена (1937-2017 сс.).
М.К. Аммосов үс кыыһа бары аҕаларын туһунан матырыйааллары актыыбынайдык көрдөөбүттэрэ, бэчээккэ таһаарбыттара. Кини аатын үйэтиппиттэрэ, өрөспүүбүлүкэбитигэр бэйэлэрин тустарынан үтүө өйдөбүлү хаалларбыттара. М.К. Аммосов сиэннэрэ: Максим, Михаил уонна Елена.
Р.И. Цугель кытта холбоһо илигинэ М.К. Аммосов Наталья Дмитриевна Куличкина диэн лааппы үлэһитэ, саха киһитин кыыһын кэргэн ыла сылдьыбыта. Кинилэргэ 1915 сыллаахха Дмитрий диэн уол оҕо төрөөбүтэ уонна кыра сааһыгар өлбүтэ. Эдэр ыал сотору кэминэн арахсыбыттара.
М.К. Аммосов туһунан өйдөбүнньүк
1990 сыллаахха М.К. Аммосов чиэһигэр Саха судаарыстыбыннай университета кини аатын сүкпүтэ. Дьокуускайга пааматынньык туруоруллубута.
Нам улууһугар, төрөөбүт сэлиэнньэтигэр Хатырыкка, кини олоҕор уонна үлэтигэр аналлаах музей үлэлиир. Сылын аайы муус устар 27 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр, Хатырыкка бырабыыталыстыба делегацията үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ айанныыр.
Москваҕа РФ бырабыыталыстыбатын иһинэн Саха өрөспүүбүлүкэтин бэрэстэбиитэлистибэтин дьиэтигэр мемориальнай дуоска туруоруллубута.
2005 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Дьокуускайга М.К. Аммосовка пааматынньык арыллыбыта. Ааптардар: скульптордар Т.И. Левина, В. Курочкин, архитектор Н. Белолюбскай.
2008 сыллаахха Петропавловскай куоракка (Северо-Казахстанскай уобалас) уобаластааҕы исполком урукку дьиэтигэр өйдөбүнньүк дуоска арыллыбыта.
2012 сыл ахсынньыга Бишкек куорат киинигэр М.К. Аммосов 115 сылын көрсө пааматынньык туруоруллубута.
Наталья КЫЧКИНА
Источник: https://kiinkuorat.ru/articles/kini-saha-avtonomiyatyn-olohtosputa